Исследовательская работа Хатын мас

Раздел Начальные классы
Класс 2 класс
Тип Другие методич. материалы
Автор
Дата
Формат docx
Изображения Есть
For-Teacher.ru - все для учителя
Поделитесь с коллегами:











Саха мааны маһа хатың











Оңордо: Баишев Коля,

Л.А. Колосова аатынан 33 №-дээх орто оскуола

2 «В» кылааhын уөрэнээччитэ

Салайааччы: Архипова Ирина Алексеевна







Дьокуускай куорат, 2015 сыл



Былаан:

  1. Мин бастакы кэтээн кѳруулэрим …………………………. 3-4

  • Сыала, задаачата, кэтээн көруу срога

  • Кэтээн көруулэрим

  • Тумук

  1. Сыhыарыылар ………………………………………………. 5-6

  • Диаграмма

  • Таблица

  1. Сахаларга хатың - айыы маhа ……………………………… 7

  2. Хатың туhунан ……………………………………………... 8

  3. Хатың туhата ……………………………………………….. 9-10

  • Хатың утуѳ эмчит

  • Хатың олоххо-дьаhахха бастың матырыйаал

  1. Туһаныллыбыт литература ………………………………… 11





























I. Мин бастакы кэтээн көруулэрим.

  • Кэтээн кИсследовательская работа Хатын масруу объега: Дьокуускай куорат, Покровскайдыыр тракт 10 км баар даача5а уунэн турар ус хахыйа5ы кэтээн көруу.
  • Сыала: хатың улаатарыгар туох сабыдыаллыырын быhаарыы: почва, сиик, сырдык?
  • Кэтээн көруу задачата: сайын устата хатыңнарбытын 6 төгул мээрэйдээн уунэригэр олохтоох усулуобуйатыттан тутулуктаа5ын быһаарыы.
  1. Бастакы №-дээх хахыйа5ым «Балкхед» хараңа сиргэ олбуор аанын аттыгар уунэн турар.
  2. Иккис №-дээх хахыйа5ым «Мегатрон» дьиэ кэннигэр аһа5ас сиргэ уунэн турар.
  3. Уһус №-дээх хахыйа5ым «Арси» моркуоп грядкатыгар саңа ууммут хатыңчаан.
  • Кэтээн көруу срога: 2014 сыл бэс ыйын 5 кунуттэн атырдьах ыйын 30 кунугэр диэри оңордум. Сайын устата хатыңнарбын 6 төгул мээрэйдээтим, биэс төгул кэтээн көрууну оңордум. /*Кэтээн көрдөруулэрбин сыһыарыыттан көр.
  • Маңнайгы кэтээн көруубэр ардах туспэккэ улааппатылар. Арай моркуоп сиригэр ууммут хатыңым бэйэтин уһунун ус төгул куоһарда. То5о? Куруук уу кутуллар буолан улаатта.
  • Иккис кэтээн көруубэр ардах куускэ туһэн бары улааттылар. То5о? Хатың сииги сөбулуур эбит.
  • Уһус кэтээн көруубэр 1№-дээх хараңа сиргэ ууммут хатыңым 2 №-дээх хатыңнаа5ар икки бук улаатта. То5о? Бу кэмңэ ардах туспэтэ5э. 2 №-дээх хатыңым хараңа сиргэ турар сииктээх буолан улаатта диэн саныыбын.
  • Төрдус кэтээн көруубэр эмиэ ардах туспэтэ. Икки хатыңнарым естественнай айыл5а5а турар буолан тэң кэриэтэ улааттылар. Арай 3 №-дээх хатыңым көруулээх сиргэ уунэн турар буолан атыттардаа5ар 2,5 төгул улаатта.
  • Бэһис кэтээн көруубэр бары улаханнык улааппатылар.
Сайын устата 1 №-дээх хахыйа5ым «Балкхед» 33 см улаатта, 2 №-дээх хахыйа5ым «Мегатрон» 18 см улаатта, 3 №-дээх хахыйа5ым «Арси» 41 см улаатта. Мин бу кэтээн көруулэрбиттэн маннык тумугу оңордум:
  1. 3 №-дээх хахыйа5ым «Арси» көруулээх, ол эбэтэр куруук уу кутуллар сиригэр уонна оңоһуулаах почва5а ууммут буолан барыларын куоһарда.
  2. Оттон икки бастакы хахыйахтарым «Балкхед» уонна «Мегатрон» тустарынан эттэххэ, сырдыкка турар хатыңым хараңа сиргэ турар хатыңнаа5ар 15 см ордук ууннэ. Хатың тургэнник улаатарыгар уунэн турар почвата, көруутэ-харайыыта, сырдык хараңа сиргэ уунэн турара суолталаах эбит диэн быһаардым.
  • Тумук: Хатың сииги, оңоһуулаах почваны, сырдыгы сөбулуур эбит диэн тумугу оңордум.
  • Эһиил бу кэтээн көруубун өссө салгыыр санаалаахпын. Хатың хаһан сэбирдэ5э, ытар5ата тахсарын, хаһан пыльцатын ыһарын, хаһан хагдарыйарын, хаһан сэбирдэ5э туһэрин кэтээн көруөм диэн былааннаахпын.

































II. Кэтээн көруу диаграммата









































































III. Сахаларга хатың-айыы маһа.



Сахалар хатыңы киһини арчылыыр, харыстыыр диэн ытык маһынан аа5аллар. Сир - дойду иччитэ Аан - Алахчын Хотун хай5аан, талан ылан, таптаан олохсуйбут маһа маңан, нарын бэйэлээх хатың мас буолар. Ѳбугэлэрбит өйдөбуллэринэн, Аан дойду иччитэ Аан - Алахчын Хотун хатың маска олорон, от - мас уунэрин - ситэрин дьаһайар, айыл5аны араңаччылыыр. Кини оторой - моторой уолаттардаах уонна чэчик сибэкки эрэкэ - дьэрэкэ кыргыттардаах. Кинилэр оонньоотохторуна - көруллээтэхтэринэ, от - мас кө5өрөр, сибэкки ситэр. Оту - маһы алдьатар, сибэккини мээнэ ургуур киһини ийэлэригэр Аан - Алахчын хотуңңа уңсэллэр. Оччо5уна ол киһини айыл5а араңаччылаабат буолар. Хатың тулалаах чараңнаах алаас - айыл5а маанылаабыт сиринэн аа5аллара. Маннык сиргэ сылгы - суөһу то5уоруһар, хонор - өруур. Былыргыттан хатыңы утуө тыыннаах маһынан аа5аллара. Куһа5ан тыынтан, салгынтан ыраастыыр, ча5ыл5антан быыһыыр диэн араңаччылыыллара. О5о ыарыйда5ына о5ону хатың аттыгар а5алан лабааны эрийэ тутан баран көрдөстөхтөрунэ о5о утуөрэргэ барара, о5олоноору гыммыт дьахтар этэңңэ быыһанарын туһугар хатың маһы илиитигэр туттараллара. Хатың куустээх биоэнергиялаах уунээйигэ киирэр. Хатың энергиятын хатыңы таптыыр эрэ дьоңңо биэрэр. Уунээйи салгыны ыраастыыр. Айыл5а5а кинилэр хамсыыр - харамай, киһи тыынарыгар наадалаах кислород диэн ыраас уонна туһалаах гаһы таһаараллар уонна тыынар тыыннаахха буортулаах углекислай гаһы иңэринэллэр. Учуонайдар аа5ыыларынан куннээх итии куңңэ биир гектар иэннээх ойуур тулалыыр эйгэ5э буортулаах 220-280 киилэ углекислай гаһы иңэринэр уонна 180-220 киилэ ыраас, тулалыыр эйгэ5э туһалаах кислород гааһы таһаарар. Уунээйилэр салгыны сиигирдэллэр. Салгыны быылтан ыраастыыллар, тыас - уус тахсарын куччаталлар. Мастар углекислай гааһы оборуулара быраһыанынан: харыйа 14%, тиит 17%, бэс 23%, липа 36%, дууп 64%, хатың 80%, тирэх 100%.





IY. Хатың туһунан. Биhиги тыабыт биир кэрэ уунээйитэ хатың буолар. Ол иhин кини туhунан элбэх ырыа ылланар, тойук туойуллар. Эбэм биир дойдулаа5а 100 сааһын туолбут, норуот маастара, Ѳнѳртѳн тѳруттээх Черноградская Мария маннык хоһуйбута:

Барахсаттар

Куба курдук кулуһуйан

Туруйа курдук дьулуһуйан,

Сиэттиһэн иһэр

Сэгэртэйдэр курдук

Лабааларынан куустуһан

Лаглаһан турдахтарыан! Аан дойду урдунэн хатың 120 кѳруңэ баар дииллэр. Ол курдук, холобура Камчатка5а таас хатың диэн уунэр эбит. Бу хатың этэ таас курдук кытаанах, сугэ да хоппот. Оттон Карелия5а уунэр хатыңы суоран, устуруустаан кэбистэххэ уут-укчу мрамор таас курдук уһу. Ону таhынан ѳңнѳрунэн эмиэ араастаhаллар эбит. Саха сиригэр хатың 7 арааhа уунэр: хапта5ай сэбирдэхтээх, уруң хатың, туулээх хатың уонна талахтыңылартан ыар5а хатың, хара ыар5а хатың. Хапта5ай сэбирдэхтээх хатың арктическай оройуоннартан атын оройуоннарга барытыгар уунэр. Уруң хатың киин оройуоннарга, Ленскэйгэ, Алдаңңа уунэр. Туулээх эбэтэр таас хатың Алдан хайаларын тэллэ5эр, Верхоянскай хребет анныгар уунэр. Онтон ыар5алар Саха сирин барытыгар кэриэтэ уунэр. Хатың алаастар са5аларыгар, кэрдиллибит, уот сиэбит сирдэригэр уунэр. Наhаа сииктээх сири сѳбулээбэт. Хатың 100-120 сыл олорор. Сорох хатың 400 сылга тиийэ олорор эбит. Хатың тургэнник уунэр мастарга киирэр. Хатың 20 миэтирэ5э тиийэр урдуктээх. Хатың умнаhа уруң хастанар туос хатырыктаах, сэбирдэ5э ус муннуктуу ромбическэй быhыылаах. Хас сэбирдэх төрдугэр буөрэ (почки) олорор. Хатың сэбирдэ5э хатың сибэккилэммитин кэннэ тыллар. Хатың сибэккилэниитэ 10 хонукка барар. Хатың сибэккилэрэ хатың ытар5атын уөскэтэр. Сибэккитин тычинкалара тыллан саһархай пыльцаны уөскэтэллэр. Ол пыльцалар тыал көмөтунэн көтөллөр уонна тыһы сибэккилэри буоһаталлар. Бастакы сибэккилэниитэ 4-6 сааһыттан са5аланар. Хатың сиэмэтин 10-15 сааһыттан биэрэр. Сиэмэтэ наһаа уунумтуө 60% тиийэр. Хатың силиһин дириңэ уунэр сириттэн тутулуктанан дириң да чычаас да буолуон сөп. Кытаанах сиргэ силиһин ойо5оһунаа5ы салаалара куускэ уунэллэр, киэң сири ылаллар. Хатың бастакы сылларыгар бытааннык уунэр, онтон кэлиңңи сылларыгар тургэнник уунэр. Урдугун 50-60 сааһыгар ситэр.

Y. Хатың туhата.

Хатың туһатын аа5ан сиппэккин. Хатың мас былыр да5аны, аны да5аны саха киһитин оло5ор-дьаһа5ар суңкэн суолталаах.

  1. Хатың утуө эмчит
Сахалар туң былыргаттан хатың буорун (почкатын), сэбирдэ5ин, сумэhинин, дьуѳкэтин, чаакатын араас ыарыыларга туhаналлара.
  • Хатың буөрунэн тыынар органнар, куртах, буѳр, хабах, уѳс ыарыыларын эмтииллэр.
  • Хатың сэбирдэ5ин ыам ыйыгар сыстаңныы сылдьар эрдэ5инэ хомуйан ньиэрбинэй системаны, быары, араас баастары, кутургуйаны эмтииллэр.
  • Хатың тэллэйэ - чаага куртах ыарыыларын: искэни, гастриты эмтииргэ көмѳлѳhѳр.
  • Хатың сумэhинэ витаминнаах бэртээхэй утах, киhи доруобуйатын бѳ5ѳргѳтѳр: буѳр, хабах тааhын суурайар, быар ыарыыларыгар көмѳлѳhѳр.
  • Хатың унугэhэ хабах, буѳр, суhуѳх ыарыыларыгар эмтээх.
  • Хатың дьуѳкэтэ араас маас састаабыгар киирэр (вишневскай), дьуөкэттээх мыыла оңоhуллар, антисептик быhыытынан туhаныллар. Тииhи, айа5ы ырааhырдарга туостан ыас оңороллоро.
  1. Хатың олоххо - дьаhахха туттарга бастың матырыйаал.
  • Хатың туоhа сиэдэрэй иhит арааhа буолан саха сандалытын киэргэтэр. Сахалар былыр - былыргыттан туостан оңорбут туос ураhалара, туос тыылара, туос туннуктэрэ, саар ыа5астара, чабычахтара, тууйастара, ыа5ыйалара, мэhэмээннэрэ, томторуктара билигиңңээңңэ диэри кэпсээңңэ сылдьар, туhаныллар. Туос эмэ5иримтиэтэ суох буолан сууһунэн сыллар анараа өртугэр көмуллубут, туоһунан хамса курдук чороччу эриллибит уңуохтары археологтар билигин да булаллар.
  • Хатың маhа бѳ5ѳ - та5а. Ѳбугэлэрбит дьиэ ис тэрилин маадьа5ар атахтаах сандалыны, олоппостору оңороллоро. 70 сааһын туолбут эбэм олорбут хатыңынан оңоһуллубут остуоллаах о5о олоппоһугар бэйэтэ, о5олоро, сиэннэрэ бары олорон кэллибит, билигин да5аны дьаадьаңнаабат да5аны. Хатың бѳ5ѳ мас буолан туттар сэптэри: сугэ угун, сыар5а сыңаа5ын, ата5ын; дуганы, кыраабыл маhын, тииhин оңороллоро. Хатың маhыттан аhыыр иhиттэри: чороону, кытыйаны, хамыйа5ы, ньуосканы оңороллоро.
  • Хатың силиhигэр ууммут удьур5айа быhах уга, хамса, араас киэргэл, иhит оңоhуллан туhаныллар.
  • Хатың лабаалара, сэбирдэхтэрэ сут кураан сылларга суѳhугэ бэртээхэй эбии аhылык этэ.
  • Хатыңңа уунэр ыт мунна тэллэйинэн өбугэлэрбит маанылаах саары этэрбэстэрин кырааска оңорон сотоллоро.
  • Хатың эмэ5инэн таба, тайах тириитин имитэн таңастыылларыгар тутталлара.






































































Туһаныллыбыт литература:





  1. Васильева С.С., Макеева М.Д. Ийэ туосчут. -Я.: Дани Алмас, 2014
  2. Сивцев Д.К. Дорообо, төрөөбут тыам! - Я.: Якутское книжное издательство, 1999г.
  3. Тимофеев П.А. Деревья и кустарники Якутии.- Я.:Бичик, 2003
  4. Федорова З.П., Федоров Г.М. Уунээйи эйгэтэ.- Я.: Бичик, 2008
  5. Ботаника. Энциклопедия: Все растения мира. - М.: Росмэн-пресс, 2013


11


© 2010-2022