Урок былаана: Дьиҥнээх до5ор диэн кимий? (Күн Дьирибинэ «Тураахтаах күүдээх» үгэтинэн)

Раздел Иностранные языки
Класс 7 класс
Тип Конспекты
Автор
Дата
Формат doc
Изображения Нет
For-Teacher.ru - все для учителя
Поделитесь с коллегами:

Уруок былаана

Тема: Дьиҥнээх до5ор диэн кимий? (Күн Дьирибинэ «Тураахтаах күүдээх» үгэтинэн)

Сыала:

1. Үөрэтэр - Күн Дьирибинэ «Тураахтаах күүдээх» үгэтигэр этэр санаатын таба быhааран , уруок түмүгэр күлүүс тылы булуу, билиини тургутуу;

2. Сайыннарар - О5о билиитин үллэстэр, толкуйдуур, санаатын аhа5астык этэр дьо5урун сайыннарыы, тылы байытыы;

3. Иитэр - үгэ үтүө быһыыга-майгыга көҕүлүүр өрүтүн арыйан,

сиэрдээх быhыыга-майгыга иитии.

Тиибэ: түмүктүүр уруок

Көрүҥэ: оонньуу уруок

Тэрилэ: Microsoft Power Point программанан оҥоһуллубут компьютернай презентация, доска, ребус, сорудахтаах карточкалар, А4 лиискэ :

Куһа5аны куттуурга Тыытылба тыҥырах

Кутаа уот тыллаах, Күлүүк уол-

Албыны аччатарга Күөбүл илии

Апчырга айахтаах, (Эрэнэрим оччо)

Тыытар ытыс, Эн буолаа инигин.

П.А.Ойуунускай.

Урок ньымалара: бэйэттэн айар улэ, бөлөҕүнэн үлэлэтии, чинчийэр, айар үлэ, ырытыы, артыыстааһын, сэһэргэһии, дискуссия.

Хааммыыта: 1. Тэрээhин

2. Тураах мэhэйдэрин туорааhын

3. Күүдээххэ көмө

4. Түмүк - уруок күлүүс тылын булуу


  1. Үтүө күнүнэн, о5олор!

Таабырынна таайыҥ эрэ: «Киһиэхэ чугас, истиҥ киһи. Умса түстэххэ сүүскүттэн өйүүр,иттэнэ түстэххэ кэтэххиттэн өйүүр кимий?» (До5ор). Мин бу таабырыны то5о таайтардым? Биһиги бүгүҥҥү уруокпут до5ордоһуу тематыгар аналлаах Күн Дьирибинэ "Тураахтаах күүдээх" диэн айымньытынан "Дьиҥнээх до5ор диэн кимий?" диэн. Уруокпут оонньуу быhыытынан барыа5а. Бүгүн эhиэхэ үгэ геройдара «күкээркэй дьүhүннээх, күлтүрүйбүт быhыылаах күүдээх» уонна сахсайбыт түүлээх, хаа5ыр5аан санарбыт хара тураах» көмө көрдөөн, ыалдьыттыы кэлэн олороллор. (Слайд көстөр).

Кинилэр туох көмөтүн көрдүү кэлбиттэрэ буолуой? (үгэ ис хоhоонуттан тобулаллар)

Кинилэр эhигиттэн «Дьиҥнээх до5ор диэн кимий?» диэн ыйытыыга эппиэт, сүбэ-ама истиэхтэрин ба5араллар. Бу ыйытыыга эппиэттииргэ «Тураах мэhэйдэрин» туораан, күүдээххэ көмөлөhөн, айымньы этэр санаатыгар сөп түбэhэр күлүүс тылы булуохтаахпыт. Бэлэмҥит?

2. «Тураах мэһэйдэрэ». 5 сорудах экраҥҥа көстөр. (слайд)

1 мэһэй. Үгэ. (Үгэ туhунан билиилэрин тургутуу)

- Үгэ үөрэтэр сыала ? (Сиэрдээх быhыыга - майгыга, толоос, куһа5ан быһыыны хомуруйар, сэмэлиир, өйдөтөр, үөрэтэр сыаллаах)

- Остуорайаҕа майгынныыр өрүттэрэ. Остуоруйаттан туох уратылаа5ый? (кээмэйэ,формата)

- Аллегория диэн тугуй? Үгэ5э туох сибээстээ5ий? (тэгилитэн көрдөрүү)

- Үгэ тугу күлүү гынарый? (Киhи куһа5ан майгытын, куhа5ан өрүттэрин, киһирэгээһини, улахамсыйыыны, ордугурҕааһыны, ымсыыны, сурэҕэ суох буолууну)

- Үгэ кээмэйэ, суруллуута, формата? (хоһоонунан суруллар, кылгас айымньы)

- Ол аата үгэ диэн туох эбитий? (киһиэхэ баар куһаҕан кэмэлдьилэри атынынан сирэйдээн, ханалытан көрдөрөр, өйдөтөр, үөрэтэр сыаллаах айымньы)

2 мэһэй. Күн Дьирибинэ - үгэhит поэт.

- Күн Дьирибинэ литература ханнык көрүҥнэригэр үлэлээбитий?

- П.А.Ойуунускай кинини то5о «күлүүк уол» диэбитий?

- Эн санаа5ар саха норуота то5о Күн Дьирибинэ үгэлэрин сөбүлээн аа5ара буолуой?

- Кини ханнык үгэлэрин билэ5итий?

-Кун Дьирибинэ туһунан өссө тугу билэ5ит? (икки сэриигэ кыттыбыт, буойун суруйааччы, НКВД-га үлэлээбит)

3 мэһэй. Кун Дьирибинэ үгэлэрэ.

  • Сахсыр5алаах таракаан диэн айымьытыгар тугу күлүү гынарый? (улаатымсыйыыны, киһиргэс буолууну, бэрдимсийиини, бэйэ эрэ иннин көрүнүүнү)

  • Сахсыр5а таракааны туохха буруйдууруй? Таракаан сахсыр5аны?

  • "Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс" диэн үгэ персонажтара кимнээ5ий? (ба5а уонна тураах)

  • Күөх киһиргэс диэн кимий уонна то5о киһиргэһий?

4 мэһэй. «Тураахтаах күүдээх» үгэ5э сыhыаннаах таабырыннар.

- Саас аайы хара бүлүүс сонноох киhи киһиргиир үhү? (тураах)

- Уhуктаах тумустаах , уhун кутуруктаах баар үhү? (куудээх)

- Тэнтик-мунтук хаамабын, тэлиэс-былаас дайбыыбын да, мин кэллэхпинэ, бары дьон үөрэ-көтө көрсөллөр.(Тураах)

- Сүүс сылга олорор баар үhү (Тиит)

- Маҥан биэ барар, хара биэ хаалар, кугас биэ куотар, күөх биэ күөйэр.(дьыл кэмэ)

- Устата туората биллибэт күөх муора баар уhу.(Халлаан)

- Түөһүгэр түөрт уон түөрт тимэхтээх чолоодо тойон баар уһу (баҕа)

- Ырыалаах-тойуктаах ырыа ыгдаанай баар үһү (сахсырҕа)

-Алта атахтаах, муостаах, кынаттаах, сылгы диэхтэн сылгыттан атын, ынах диэхтэн ынахтан атын (таракаан)

-Кыһын эрэ буоллар уойарын кубулуппат (күрдьүк)

5 мэһэй. Үгэни оруолларынан оонньоон көрдөрүү. Бөлөхтөртөн 5 о5о оруоллары үллэстэллэр.

Оруоллар:

  • күүдээх

  • тураах

  • аа5ааччы

  • элиэ

  • күүдээх кэргэнэ

«Куүдээх уонна тураах сайыны быһа доҕордоспуттар. Бииргэ бултууллар, аһыыллар, оонньууллар.// Күһун кэлэн тураах соҕуруу көппүт. Күүдээх атаһын сайыһа хаалбыт. // Күүдээх кэргэнин кытта күрдьүк анныгар хороон хастан аччыктыы, хоргуйа олорбуттар.// Саас кэлэн күүдээх таhырдьа тахсыбыт, күн уотугар сыламнаабыт, ас көрдөөн хачыгыраабыт. Халлаан киэн куйаарынан хара тураах көтөн кыйыhытан кэлэн, 3 төгүл даа5ыр5аабыт (даах.даах.даах). // Тэлээрэн тиит мутугар чохчос гына олорбут. Тумсун-хара5ын туора-маары соттубут, туулэрин хомунан оностубут. // Куудээх атаhын көрөн үөрүүтүттэн уҥуоҕа халыр-босхо барбыт, кыаҕа тиийэринэн чыыбырҕаабыт.(чыып-чыып).// Тураах сиргэнэн ынтах хайыспыт, халлааҥҥа көтөн кыырайа турбут. Элиэ сирийэ көтө сылдьан ону көрөн , иһэ буспут, кыыһырбыт, дьэбин уоһуйбут уонна сиргэ силлээбит. Күүдээх сордоох чугас атаһыттан кэлэйэн хараҕын уутунан сууммут ».

Учуутал: Маладьыастар, эhиги тураах мэhэйдэрин иҥнибэккэ эрэ

туораатыгыт. Аны билигин күүдээххэ көмөлөhөн тураахха дьиҥнээх до5ор диэн кимин өйдөтүөхтээхпит.

3. «Күүдээххэ көмө».

1. Билигин тураахха дьиҥнээх до5ор хайдах буолуохтаа5ын икки бөлөххө арахсан өйдөтүөхтээхпит. Онуоха күүдээх ребус бэлэмнээбит, бу ребуска аптаах өс хоhооно саhа сылдьар. (О5олор таайаллар, өс хohоон ис хоhоонун кэпсииллэр, санааларын уллэстэллэр).

  • «Икки ардыларынан уу тохтубат»

  • «Эйэ5эс киhи үгүс до5ордоох»

Учуутал: Тураах үгүс до5ордонуо дуо? То5о?

2. Өс хоһоонноох карточканы ылан ис хоһоонун быһаараллар.(дискуссия)

1 бөлөх:

- Умса тустэ5инэ сүүhүттэн өйүүр, иттэнэ түстэ5инэ кэтэ5иттэн өйүүр.

- Үчүгэй до5ор эмискэ көстүбэт.

- Антах-бэттэх сирэй буолар.

- Айа5ын абатын , тумсун тууhун.

2 бөлөх:

- Киhиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай

- Ким до5ордоох ол дьоллоох.

- Иннин тымтыктанан көрбөт.

- Атас туhугар атах тостор.

3. Аны күүдээх эhиэхэ ситэтэ суох этиилэри биэрэр. Ону ситэрэн, бэйэ5ит санаа5ытын этиэхтээххит.

- Дьиҥнээх до5ор диэн…

- До5ору хомотуу…

- Мин до5отторбун кытта…

- До5орум миэхэ…

- Элбэх до5ордоох буолар…

4. Ситуативнай ыйытыылар.Оонньоон көрдөрүү.

1 бөлөх:

- До5оргун кытта этиспиккин. Хайдах иллэhиэҥ, туох диэҥ этэй.

- До5орун дьиэ5э үлэтин көрбөтөх. Учууталтан мө5үллүбүт. Перемена кэмигэр до5орун ытыы олорор. Уоскут.

2 бөлөх:

- До5орун төрөөбүт күнүгэр ыҥырбыт. Эн кэлэн иhэн кэhиигин сүтэрэн кэбиспиккин. Туох диэҥ этэй.

- До5орун эйигин кытта кэпсэппэт, бодоруспат буолбут, хайыаҥ этэй?

5. Өс хоһооно - уруһуйга

  • Эһэлээх бөрөҕө дылы

  • Атас туһугар атах тостор, доҕор туһугар тобук тостор

Түмүк: Эhиги күүдээх көрдөhүүтүн барытын толордугут, дьиҥнээх до5ор хайдах буолуохтаа5ын тураахха өйдөттүгүт.

- Дьиҥнээх до5ор диэн хайдах киhини ааттыыбытый?

- Бу үгэ эhигини туохха үөрэттэ?

- Автор эhиэхэ туох диэн эппитий?

- Тураах чугас доҕорун кэлэппитин өйдөөтө дуо

- Биир сыалбыт уруок күлүүс тылын булуу этэ. Бу уруокка ханнык өс хоһоонунан күлүүс тылы аныахха сөбүй? (өс хоhоонун этэллэр «Ким до5ордоох - ол дьоллоох», талаллар, учуутал дуоска5а суруйар, түмүктүүр)

Рефлексия

-Бу уруокка ордук тугу сөбүлээтигит?

-Хайдах үлэлээтигит? (бэйэлэрин сыаналаналлар)

- Тураахтаах күүдээх эhиги көмө5үт иhин махтаналлар уонна хас биирдиигит дьиҥнээх до5ор буолуоххут диэн эрэнэллэр. Көрсүөххэ диэри!


© 2010-2022