«Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ» ( «Лыыбырда» остуоруйанан 5 кылааска кылаас таһынан ааҕыыга бэриллибит айымньынан урок былаана)

Раздел Иностранные языки
Класс 5 класс
Тип Конспекты
Автор
Дата
Формат doc
Изображения Нет
For-Teacher.ru - все для учителя
Поделитесь с коллегами:


Тема: «Норуот күүһэ- көмүөл күүһэ» ( «Лыыбырда» остуоруйанан кылаас таһынан ааҕыыга бэриллибит айымньынан урок былаана)

Сыала:

1. Алыптаах-дьиктилээх остуоруйа уратытын быhаарыы, остуоруйа туhунан ааспыт уруоктартан ылбыт билиилэрин тургутуу, остуоруйа нөҥүө норуот кистэлэҥ санаатын таайыы.

2. Тылы байытыы, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы.

3. Сиэрдээх, түмсүүлээх буолууга иитии.

Тэрилэ: учебник, дуоска, кроссворд, саха тылын быhаарыылаах тылдьыттара, А4-га «Норуот күүһэ- көмүөл күүһэ» диэн суруллубут.

Хаамыыта:1. Тэрээhин

2. Остуоруйаны дор5оонноохтук аа5ыы

3. Остуоруйаны ырытыы, кистэлэҥи таайыы

4. Таайбараҥ

5. Түмүк

1. Аhыныгас санаалаах

Айыы Дьөhөгөй о5олоро,

Көмүскэс санаалаах

Күн өркөн дьонноро,

Нөрүөн нөргүй!

Кунду о5олоор, остуоруйа дьикти дойдутугар айаммытын сал5ыыбыт. Бүгүн «Лыыбырда» диэн норуот алыптаах-дьиктилээх остуоруйатын аа5ан, ис хоhоонун ырытан, бу остуоруйа нөҥүө саха норуота эhиэхэ туох диэн кистэлэҥ санааны эппитин билиэхпит.

2.Остуоруйаны учуутал аа5ар

3. Остуоруйа ис хоhоонун ырытыы.

- Хайдах айымньыны остуоруйа диибитий? (Норуот бэйэтин ба5атын, эрэлин, оло5ун-дьаhа5ын туhунан этэр фантастическай кэпсээн)

- Остуоруйалары хас бөлөххө наардыылларый?

(3:1. Хамсыыр-харамай туhунан: «Көтөрдөр мунньахатара», «Куобах»

2. Дьиктилээх-алыптаах остуоруйалар: «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн

Эмээхсин», «Таал-Таал эмээхсин»

3. Олох-дьаhах остуоруйалара: «Мэник Мэнигийээн», «Уустук үллэрии»)

- «Лыыбырда» ханнык остуоруйаҕа киирсэр? (Алыптаах-дьиктилээх)

- То5о?

- Лыыбырда диэн кимий?

- Лыыбырданы ойууртан ким, эбэтэр туох ыҥырар эбитий? То5о?

- Алаа Моҕус диэн кимий? Тас көрүҥэ, майгыта - сигилитэ?

- Лыыбырда Мо5уhу хас төгүл албыннаата?

- Айымньы сүрүн геройа кимий?

- Остуоруйа5а өйдөөбөт , билбэт тылларгыт бааллар дуо?

Тылдьытынан үлэ

Арбах сүгэ - хоту олорор сахалар сытыы кэтит уктаах сүгэлэрэ.

Болот- улахан быhах

Күннүбэй (күндүөбэй) балык - саха сирин хоту оройуоннарын өрүстэригэр үөскүүр күндү балык.

Куланан - халанан - кыыhыран - абаран

Кылыс - быhахтаа5ар улахан, сытыы тэрил

Кэлии - дириҥ истээх иhит

Сээбэс - мал-сал, туттар тэрил

Чаан алгый - улахан хочуол

Чаархаан - капкаан

- Моҕус айанын туhунан кэпсээ

- Лыыбырда5а кимнээх, хайдах көмөлөстүлэр (о5о кэпсээнэ)

- Алаа Моҕус өлөөрү сытан туох диэн кэриэс тылы эттэ?

- Лыыбырда Моҕус кэриэhин толордо дуо?

О5олор онон Лыыбырда5а бар дьон . норуот көмөлөспүт эбит. Саха норуотугар «Норуот күүhэ- көмүөл күүhэ» диэн өс хоhооно баар.

- Көмүөл диэн тугуй? (тылдьыттан булаллар)

- Бу өс хоhооно остуоруйа5а туох сыhыанна5ый?

- Остуоруйа этэр кистэлэнин биhиги таайдыбыт дуо? Этиҥ.

4. Билигин уус-уран тылбытын чочуйа таарыйа, билиибитин тургутан таайбараҥна таайыа5ыҥ. Барытын таайдаххытына, остуоруйа аата тахсан кэлиэхтээх.

А

Л

а

н

а

й

а

т

ы

ы

р

к

ы

л

ы

с

б

о

л

о

т

т

ы

ы

к

у

р

э

н

э

й

к

у

н

д

у

о

б

э

й

т

а

а

с

Ый ытыылара: (үөһэттэн аллара)

  1. Моҕуhу ууга тимирдибит о5онньор аата

  2. Моҕус Аланайтан тугу көрдөөбүтүй?

  3. Быhахтаа5ар улахан , сытыы тэрил.

  4. Моҕус Болонойтон тугу көрдөөбүт?

  5. Лыыбырда кыыhыран хампы тэпсибит тэрилэ

  6. Моҕуска о5уhу ким биэрбитий?

  7. Күннүбэй балыгы атыннык туох дииллэрий?

  8. Моҕус Харанайтан тугу көрдүүрүй?

5.Түмүк.

-Остуоруйаны аа5ан баран туох түмүккэ кэллигит? (о5олор санааларын истии)

Саха норуота былыр былыргыттан бэйэтин остуоруйаларыгар үтүө5э, сырдыкка, кэрэ5э тардыhыытын, киһи дьолго-соргуга үгүс мэhэйдэри дьулуурдаахтык туораан , ыарахан кэмҥэ бэйэ бэйэ5э көмөлөhөн эрэ тиийиэн сөбүн хоhуйар. Ол иһин «Норуот күүhэ - көмүөл күүhэ» диэн мээнэ5э эппэттэр эбит.

Дьиэ5э сорудах : Остуоруйаттан таптаабыт кэрчиги уруhуйдаан а5алыы.


© 2010-2022